21 Сэтинньи 21.11
  • -29°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускайга 203 микрооройуоҥҥа муус анныгар түспүт балыксыты быыһаатылар

14:01, 01 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин быыһааччылара Дьокуускайга муус анныгар түспүт балыксыты быыһаатылар. Ол туһунан быыһыыр сулууспа иһитиннэрдэ.

Алтынньы 29 күнүгэр быыһыыр сулууспа дьуһуурунайыгар 203 микрооройуоҥҥа муус анныгар киһи түспүтүн туһунан тыллабыр киирэр.

Быыһааччылар быһылаан буолбут миэстэтигэр тиийэллэр. ЛЭП биир тирэҕин таһынан курданарыгар диэри ууга түспүт киһини булаллар. Эр киһи сарсыарда балыктыы барбыт. Киэһэ төннөн истэҕинэ муус уйбатах, онон муус анныгар түспүт.

«Биһиги буларбытыгар эр киһи таҥаһа барыта мууһурбут этэ. Хостуурбутугар кирилиэс тутуннубут. Онтон тутуһан таҕыста унна түөрт атах буолан сыылан кытыыга кэллэ. Медицина көмөтүттэн аккаастанна», — диэн кэпсээтэ быыһааччы Николай Обоев.

Быыһыыр сулууспа билигин муус чарааһын санатар. Сэрэхтээх буолуҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА