Дьокуускай полициятыгар тиэхиньикэ маҕаһыынын хаһаайына каассаттан 100 тыһ. солк. уоруллубутун туһунан иһитиннэрбит. Бэрэбиэркэ ыытыллан, ПДН учуотугар эрдэ тура сылдьыбыт 14 саастаах кыыс уорбаланарын быһаарбыттар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быһаарыллыбытынан, бу кыыс доҕотторун кытта маҕаһыыҥҥа табаары көрө киирбиттэр. Атыыһыт суоҕун уонна каасса аһаҕас турарын туһанан, кини онтон 100 тыһ.солк. уорбут. Ол кэнниттэн уорбут харчытын доҕотторун кытта үллэстибит, бэйэтин өлүүтүнэн минньигэс аһылыктары атыыласпыт.
Полиция санатарынан, 14 саастарын туолбут оҕолор уоруу иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Бу быһылаанынан кыыс «Уоруу» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыалаҕа уорбаланааччы буолар.