Быйыл Дьокуускайга 11 оскуолаҕа капитальнай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Ол туһунан «Россия 24» телеханаалга куорат баһылыга Евгений Григорьев кэпсээтэ.
Федеральнайдааҕы бырагыраамаҕа № 10, № 20, № 21, № 23, № 27, № 31, № 33, № 36 оскуолалар, Саха политехническай лицей, куорат национальнай гимназията, Мархатааҕы № 1 оскуола киирдилэр.
«Россияҕа оскуолаларга капитальнай өрөмүөнү ыытыыга олус наадалаах, туһалаах федеральнайдааҕы бырайыак президент Владимир Путин көҕүлээһининэн, «Биир ньыгыл Россия» баартыйа кыттыытынан ыытыллар. Куонкурус түмүгүнэн бэдэрээччит билиннэ, өрөмүөн үлэтигэр туруннулар. Бырайыакка 800 мөл солк уурулунна – бу Дьокуускайга урут хаһан да көрүллүбэтэх үбүлээһин буолар. Маны сэргэ атын оскуолаларга уонна дьыссааттарга быстах өрөмүөннэр оҥоһуллуохтара бэйэ күүһүнэн», — диэтэ салайааччы.