Кэнники 20 сылга Дьокуускай нэһилиэнньэтэ балтараа төгүл улаатта. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 372 тыһыынча киһи олорор. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев Хотугу форумҥа иһитиннэрдэ диэн, СИА кэпсиир.
«Дьокуускай Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн түргэн тэтимнээхтик сайдан иһэр куораттартан биирдэстэрэ. Кэнники 20 сыл иһигэр балтараа төгүл улааттыбыт. Куоракка прописката суох олорор дьону учуоттуур буоллахха, икки төгүл. Барыллаан ыытыллбыт тиһэх биэрэпис түмүгүнэн, Дьокуускайга 372 тыһыынча киһи олорор. 2000 сыл саҥатыгар 240 тыһыынча киһи олороро. Дьокуускай олохтооҕун орто сааһа-36», — диэтэ Евгений Григорьев.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2021 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгүнэн Саха сирэ Уһук Илин үрдүнэн нэһилиэнньэ ахсаана үүнүүтүнэн саамай үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ. Бүтэһиктээх түмүгү эһиил биллэриэхтэрэ.