Дьокуускай – Магадан суолугар хайа уута халыйан сырыы тохтоото

Бүгүн сарсыарда «Халыма» Р-504 федеральнай суол Дьокуускай – Магадан хайысхатын 595+600 – 595+650 килэмиэтирдэригэр хайа уута халыйан, суолу быста. Бу туһунан СИАҕа «Бүлүү» Упрдор иһитиннэрдэ.


Билигин итиннэ тиэхиникэ үлэлиир. «Бүлүү» Упрдор диспетчерскай төлөпүөннэрин нүөмэрэ 8(4112) 44-10-78, 89245938028 суукканы эргиччи үлэлииллэр.

This post was published on 17.08.2021 15:01 15:01