31 Тохсунньу 31.01
  • -39°
  • $ 98,01
  • 102,78

Дьокуускай кылаабынай архитектора Өрөспүүбүлүкэ болуоссатын тутуу туһунан эттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга Ленин болуоссатын боппуруоһун бэдэмистибэлэр ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕар көрдүлэр. Манна олохтоох былаас, архитектордар уонна историктар кыттыыны ыллылар. Куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев эппитинэн, болуоссат аатын уларытыы туһунан кэпсэтии барбат, икки саҥа уопсастыбаннай сир оҥоруутун туһунан этиллэр.

«Болуоссат проспектан арҕаа өттүттэн историческай чааһа, эрдэ хаста да этиллибитин курдук, оннунан хаалар. Манна Владимир Ильич пааматынньыга баар. Ааттыын, көстүүлүүн турар. Оттон Дьокуускай маастар-былаанынан оҥоһуллубут чааһа Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн ааттанар. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһинин киин куорат түөрт тыһыынча киһитэ өйөөтө, ол иһигэр уопсастыбанньыктар бэйэлэрин илии баттааһыннарын туруордулар», — диэтэ Семен Сергеев.

Хамыыһыйа мунньаҕын кэнниттэн, аһаҕас истиилэр буолуохтара, онтон Өрөспүүбүлүкэ болуоссатын туһунан нуорма быраап аактатын куорат дууматын көрүүтүгэр киллэриэхтэрэ.

Кылаабынай архитектор бэлиэтээбитинэн, саҥа болуоссат — кэм ирдэбилэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА