Дьокуускай куоракка Ленин проспегын тротуара, өрөмүөн кэнниттэн, толору гранит буолуоҕа. Ол туһунан суруналыыстарга «Главстрой» дириэктэрэ Алексей Варламов эттэ.
«Дьокуускайга гранитнай плитканан бүрүллүбүт тротуардар баар буолуохтара. Бу бастакы дьаһал. Плиткалары сыалай граниттан Уралга оҥортордулар», — диэтэ Алексей Варламов.
Гранит кэллэ. «Ол аата быйылгы уонна эһиилги тутуу кэмигэр тиийэр гранит баар», — диэтэ дириэктэр.