Алтынньы 28 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта тохтоото. Биричиинэтэ — Өлүөнэ эбэ туруга уустугурда, суруйар тырааныспар министиэристибэтэ.
Алтынньы 26 күнүттэн муус суол арыллыар диэри «ЛОРП» ледокол уонна буксир көмөлөөх бааржатынан Өлүөнэ эбэни туоратыы салҕанан барыаҕа, Жатай — Төхтүр хайысханан.
Күҥҥэ икки эргиир оҥоһуллар, буксир туолуута 95–100 кыра массыына эбэтэр 25 таһаҕас тиэйэр тиэхиньикэ.