«Ирбис» оптуорунньуктан Аллараа Бэстээххэ диэри дьону таһан саҕалаата. Билигин атын биэрэккэ 1000 солк. тиийиэххэ сөп. Ол гынан баран, температура -10-13 кыраадыска диэри намтатаата эрэ айан сыаната 3000 солк. диэри үрдүөҕэ. Бу туһунан СИА-ҕа «Ленаводсервис» салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.
«Тымныйдаҕына катердар оһохторун холбоон турар буоллахтарына ороскуот үрдүүр. Онон маннык түгэҥҥэ айан сыаната 1500-тэн 2000 солк. диэри үрдүөҕэ. Саамай үрдээбитэ тариф 3000 солк. буолуоҕа. Маннык түбэлтэҕэ пассажирдары «салгын подушкаларыгар» көһөрөн уонна аэроботка таһаллар. Муус турбутун кэннэ уонна ыраастаммытын кэннэ төттөрү быһаччы суолунан сылдьыахтара. Бу кэмҥэ айан сыаната 1500 солк. буолуоҕа», — диэн Борис Строев сыана уларыйыытын быһаарда.
Суудуналар 202-с микрооройуонтан Аллараа Бэстээххэ диэри күннэтэ 07:00-19:00 чааска сылдьыахтара.
Маршрукка салгын подушкалаах 20 суудуна уонна биэс «Тайфун» аэробот тардыллыаҕа.
Сылаас күннэр тураннар Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыытын алтынньы 25-27 күннэригэр диэри уһаппыттара.