2022 сыллааҕы навигацияҕа Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан паром айанын тарыыба билиннэ. Маршрут бу нэдиэлэ бүтүүтэ биллиэхтээх. Кыра массыыналарга төлөбүр 500 — 1200 солк, 1 туонна таһаҕас ортотунан сыаната — 340 солк, суруйар СИА.
Сыана бэлиитикэтин кэмитиэтэ Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан уу суолунан айанныыр тырааныспардарга муҥутуур сыана төһө буоларыгар бирикээс таһаарда.
Сыана:
— пассажирдаах оптуобустар – 2000 — 3500 солк.;
— Таһаҕас тиэйэр массыыналар — 400 солк. (0,5 тн диэри); 13 700 солк. (30 тн үөһэ);
— кыра массыыналар — 500 — 1200 солк.;
— мотороллердар уонна матасыыкыллар – 220 солк.;
— автотягачтар — 4000 — 8500 солк., бырысыаптан уонна кээмэйиттэн араастаһар;
— кыра массыыналарга бырысыап — 600 солк.;
— тыы бырысыаба — 1200 солк.;
— ыарахан ыйааһыннаах бырысыаптар — 4500 солк. (20 тн диэри); 12 000 солк. (60 тн үөһэ).
Биир туонна таһаҕас орто сыаната — 340 солк.
Барыллаан былаанынан, Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан паром сырыыта ыам ыйын 28 — 29 күннэригэр саҕаланыаҕа.