Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан паром сырыытын расписаниета таҕыста, суруйар Саха сиринээҕи ЦУР.
Паромнар сырыылара сарсыарда 5 чааска саҕаланар уонна түүн оройо бүтэр.
Дьокуускайтан бастакы паромнар сарсыарда 5:30, 6:30 уонна 7:30, оттон Аллара Бэстээхтэн — 5:00, 6:00, 7:00 чааска араҕаллар. Паромнар сырыыларын интервала 40 — 60 мүнүүтэ.
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан алта паром үлэлиир.
Кыра массыына — 650 солк, 2 туоннаҕа диэри — 950 солк, 2,3 туоннаҕа диэри — 1100 солк, онтон үөһэ — 1400 солк.