Тохсунньу 15 күнүттэн Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан муус суолугар айаҥҥа техника уйугун 10 туоннаҕа диэри эптилэр.
«Халыма» федеральнай трасса Р-504 учаастагар кыһыҥҥы суолга технига уйугар ыйааһын эбилиннэ. Ол туһунан «Бүлүү» суол управлениета биллэрдэ.
Суоппардарга куттал суоһаабатын туһугар ирдэбиллэри тутуһаргытын өссө биирдэ сэрэтэллэр.