Дойду үрдүнэн саҥа дьиэни атыылаһыы түспүт

Саҥа дьиэҕэ наадыйыы Арассыыйа үрдүнэн биллэрдик түспүт, ол — 2022 сыл саҕаланыытын кытта тэҥнээтэххэ, 50 %-ҥа тэҥнэһэр, диэн Саха сирэ суруйар.

«РБК-Недвижимости»  иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа 31 эрэгийиэнигэр саҥа дьиэҕэ наадыйыы биллэрдик түспүт. Бу түһүүнү Росреестргэ өлүүлэһэн тутуу дуогабара төһө киирбитинэн көрөн сыаналаабыттар. Ол курдук, эспиэрдэр 2022 сыл бастакы кыбаарталын иккис уонна үһүс кыбаарталларын кытта тэҥнээн көрбүттэр. Саҥа дьиэҕэ наадыйыы Саха сиригэр, Магадаан, Тула уобаластарыгар түспүтэ бэлиэтэммит. Оттон тоҕо эрэ Чечен өрөспүүбүлүкэтигэр саҥа дьиэни атыылаһыы төттөрүтүн үрдээбит. Ону тэҥэ, Бүрээтийэҕэ саҥа дьиэни атыылаһыы үрдүгэ бэлиэтэммит.

This post was published on 28.11.2022 12:05 12:05