Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии үбэ бүддьүөккэ көрүллүөхтээх, диэн РФ премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев эттэ.
“Ыам ыйдааҕы ыйаахтар чэрчилэринэн биһиги национальнай бырайыактары оҥорууну саҕалаабыппыт. Итилэргэ түмүгү ситиһэргэ туох ирдэбиллэр туралларын этиэхпит. Бу туһунан Стратегическай сайдыы сэбиэтин президиумун мунньаҕар кэпсэппиппит. Национальнай бырайыактарга анаммыт үбү бүддьүөккэ көрүөххэ наада, тоҕо диэтэххэ, бу тумус тутуллар соруктар”, — диэтэ Дмитрий Медведев бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар.
СИА.