Дмитрий Медведев "Азия оҕолоро" оонньуу аһыллыытыгар кэлиэҕэ

Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев норуоттар икки ардыларынааҕы VI-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууну үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар кыттыыны ылар.


Ити туһунан Саха сирин баһылыга Егор Борисов норуот фронун регионнааҕы салаатын салалтатын кытта көрсүһүүгэ эттэ.

Дойду президенэ Владимир Путин кэлэр диэн эрдэ этиллэ сылдьыбыта. Ол эрээри, үлэ элбэҕиттэн кини кэлбэт буолла.

This post was published on 01.07.2016 10:53 10:53