Маҥаны нэһилиэгин олохтоохторо пандемиянан самоизоляция эрэһиимигэр дьиэлэригэр олороллор. Үгүстэр сөбүлүүр дьарыктарынан бириэмэлэрин туһалаахтык атаараллар.
Горнай улууһун Маҥанытын олохтооҕо, эйэҕэс эбэ, амарах ийэ Екатерина Андреевна Александрова Улуу Кыайыы 75 сылынан байыаннай таҥастары, чаппараах тигэн саҕалаабыт.
Екатерина Андреевна байыаннай таҥаһы тигиигэ оҕолорун, сиэннэрин, билэр дьонун үөрэтэр, киэби быһыыга онлайн маастар-кылаас ыытар. Уопсайа 20-тэн тахса таҥаһы тикпит.
Иистэнэр массыынатын сынньата таарыйа, аны чаппараах оҥоруутун саҕалаабыт. Кытыыта кыбытык тигиинэн, ортото быысапка. Оччотугур саха киэргэлэ олус кэрэ көстүүлээх буолан тахсыахтаах.
Сыстыганнаах дьаҥтан сэрэтэр мааскалары тигии ахсыйатыгар кыттан, 25 устууканы тигэн, Бэрдьигэстээхтээҕи кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыытаары бэлэмнээбит.
Маны сэргэ оҕуруотун бэрийэр. «Дьиэҕитигэр олоруҥ, бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ, доруобай буолуҥ«, — диэн кини санаатын тириэрдэр.