21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Демографияны тупсарбыт улууска 10 мөлүйүөннээх грант бэриллиэҕэ

11:31, 18 января
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин көрдөрүүлэрин муҥутуур тупсарбыт улууска 10 мөлүйүөн солкуобай суумалаах Ил Дархан грана олохтонно диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.  Бу хас биирдии улууска дьиэ кэргэн сыаннастарын, оҕо төрөөһүнүн, ийэ-аҕа буолууну, кырдьаҕастарга ытыктабыллаах сыһыаны бөҕөргөтөр үлэни көҕүлүүр туһуттан ылыныллыбыт миэрэ. 

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар тохсунньу 1 күнүттэн оҕо төрөөһүнүн көҕүлүүр саҥа миэрэлэр киирдилэр:

— Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ;

— 25 саастарын туола илик эдэр дьон аан бастаан ыал буолалларыгар 50 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.

«Үйэ оҕолоро» хапытаал өссө биэс сылга уһаан, суумата үрдээн биэрдэ, 110 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Мантан да атын бырагыраамалар оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө буолаллар, суруйда Саха сирэ саайт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ демографияҕа уонна дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыал материальнай балаһыанньатын бөҕөргөтөргө эрэ  буолбатах, оҕону иитиигэ төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтиигэ, чөл олоҕу тутуһарга, дьиэ кэргэн үгэстэрин, сыаннастарын тарҕатарга эмиэ туһуланар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА