От ыйыгар Амурскай уобаласка “Уһук Илин уонна Арктика демографическай сайдыыта” диэн VIII Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмипириэнсийэ буолуоҕа. Онно оҕо төрөөһүнүн элбэтэр, демографическай балаһыанньаны тупсарар туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
Саха сирэ нэһилиэнньэ эбиллиитинэн Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 999 тыһыынча киһини куоһарда, 1 мөлүйүөн ахсааны ситиһэр сорук турар диэн СИА суруйар.
Төрөөһүн эбиллэригэр көмө саҥа миэрэлэрэ киирэллэр. Үстэн элбэх оҕолоох ыаллар 151 690 солкуобай суумалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын ылаллар. 2022 сылтан саҥа төрөөбүт оҥо 100 тыһыынча солкуобайдаах хапытаалы ылар.
Үс оҕолоох ийэ Лола Захарова судаарыстыбаттан федеральнай уонна эрэгиийэннээҕи бары көмөнү ылбыта. Бу көмө дьиэ кэргэн олоҕун таһымын үрдэтэригэр, дьиэ-уот ылынарыгар туһалаах диэн кини этэр.
— Дьиэ кэргэттэргэ маннык көмө баарын иһин бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа уонна Айсен Николаевка махталбын тиэрдэбин. Элбэх оҕолоох ыалларга бу улахан көмө. Маннык көмө суоҕа буоллар, оҕолорбун хайдах иитиэм этэй? Онон, маннык көмө баарын тухары, Уһук Илиҥҥэ төрөөһүн эбиллэ, нэһилиэнньэ элбии туруо диэн эрэллээхпин, — диэн кини эттэ.