«Будущее России. Национальные проекты» портал бырабыыталыстыба «Демография» национальнай бырайыакка туох-ханнык уларытыылары бэлэмнээбитин быһаарыста.
Росстат дааннайынан, Россияҕа нэһилиэнньэ көҕүрээһинэ улаатар. 2016 сыллаахха 2 тыһ киһи буоллаҕына, 2019 сылга 316 тыһ куоһарар. Бу историяны кытта сибээстээх буолуон сөп: төрүүр-ууһуур саастаахтарга 1990-с сыллардааҕы оҕолор кэккэлэрэ киирдэ.
Судаарыстыба билигин төрүүр саастаах эдэрдэри хайдах өйүүрүттэн «демография дьаамата» улахан тутулуктаах. Онно «Демография» национальнай бырайыак олук буолар кыахтаах. Бырабыыталыстыба дойдуга социальнай-экономическай балаһыанньаны учуоттаан уларытыылары киллэрдэ. Туох-ханнык саҥа сүүрээннэр киирэллэрин «Будущее России. Национальные проекты» порталга суруйдулар.
«Практика көрдөрөрүнэн, «Демография» национальнай бырайыак дьоҥҥо наадалаах. Ол иһин мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо көмөлөһүү механизмын чөл тутан хаалыахтаахпыт, сүтэриэ суохтаахпыт. Аныгылыы көрүүнү эбэн биэрдибит. Пандемияны учуоттаатыбыт. бырайыак ордук технологичнай буолуутун ситистибит», — диэтэ РФ вице-премьера, тустаах бырайыак куратора Татьяна Голикова.
Кини эппитинэн, судаарыстыба көрөр өйөбүлэ дьоҥҥо тиийимтиэ, судургу буолуохтаах, элбэх киһини хабыахтаах. Саҥа пааспарга бырайыак кыаҕа кэҥэтилиннэ.