«Демография» нацбырайыак: Быйыл дьыссааттарга эбии 639 миэстэ таһаарыллар

Саха сирэ 76 федеральнайдааҕы бырайыактан 52-гэр кыттар, ulus.media суруйар.


«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиир бырагыраамалар иилэринэн 2020 сылга дьыссааттарга 639 эбии миэстэни таһаарыы туһунан былаан туруоруллубута. Ол иһигэр Сунтаар улууһугар – 240, Ньурба оройуонугар – 280, Дьокуускайга – 119.

Маны сэргэ Өлүөхүмэ куоратыгар — 240, Алдаҥҥа 120 миэстэлэрдээх оҕо тэрилтэлэрэ 2021 сылга үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр.

This post was published on 18.09.2020 17:01 17:01