16 Олунньу 16.02
  • -24°
  • $ 77,19
  • 91,56

Дьарыктаах буолуу сулууспата үлэтэ суохтары ханнык төлөбүрдэринэн өйүөн сөбүй?

10:02, 20 октября 2020
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ салайар хайысхатыгар мэктиэлэр тустарынан иһитиннэриитин салгыыр. Исписэлиистэр судаарыстыба ханнык өҥөтүнэн үлэтэ суохтар туһаныахтарын сөбүн туһунан кэпсээтилэр.


Социальнай төлөбүрдэр:

— үлэтэ суоҕунан босуобуйа;

— кэмитиэт ыйыытынан профүөрэхтээһини эбэтэр эбии үөрэхтээһини ааһар кэмнэригэр стипендия;

— үлэтэ суоҕунан босуобуйа болдьоҕо бүппүтүнэн материальнай көмө;

— кэмитиэт ыйыытынан профүөрэхтээһини эбэтэр эбии үөрэхтээһини ааһар кэмнэригэр материальнай көмө;

— кэмитиэт этиитинэн биэнсийэҕэ тахсар сааһын туолуор диэри, ол иһигэр эрдэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинэ биэнсийэ ананыыта.

Докумуоннар уонна төлөбүр көрүллүүтүн болдьоҕун тустарынан сиһилии манна аах  https://ysia.ru/vopros-otvet-kakimi-vyplatami-sluzhba-zanyatosti-mozhet-podderzhat-bezrabotnyh/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА