Ыһыаҕы дьон бары, улаханныын-кыралыын, долгуйа күүтэллэр. Дьахталлар ыһыахха сылы быһа бэлэмнэнэн, халадаай ырбаахы тиктэрэллэр, сахалыы атах таҥаһын, илин-кэлин кэбиһэри, бастыҥаны атыылаһаллар эбэтэр сакаастаан оҥортороллор.
Дьахтар сахалыы таҥаһын сыаната төһө буоларый? Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка араас маҕаһыыннары кэрийэн, сыананы үөрэтэн баран, маннык түмүккэ кэллим.
Халадаай: сыаната матырыйаалыттан уонна быһыытыттан-таһаатыттан тутулуктаах. Саамай боростуой халадаай 6-8 тыһ солк саҕаланар, биллэр дизайнердар халадаайдарын 60-70 тыһ солк да атыылыыллар. Холобур, «Хотой Бренд» маҕаһыыҥҥа быйыл саамай сыаналаах халадаайы 25 тыһ солк атыыласпыттар. Онон, халадаай орто сыаната — 12-16 тыһ солк диэн буолла.
Сахалыы киэргэллэр: үрүҥ көмүс илин кэбиһэр сыаната 37 тыһ солк саҕалаан 200-тэн тахса тыһ солк тиийэр. Көннөрү тимиртэн оҥоһуллубут илин кэбиһэр лаппа чэпчэки – 2-3 тыһ солк буолар. Бастыҥа сыаната 30-90 тыһ солк, бөҕөх – 45-90 тыһ солк тиийэр. Үрүҥ көмүс ытарҕа сыаната 3 тыһ солк саҕаланар.
Атах таҥаһа: Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга сахалыы моһуоннаах дьахтар, эр киһи саппыкытын тигэн атыылыыр буоллулар. Сыаната араастаһар, ортотунан 10 тыһ солк буолар. Онтон «экокожаттан» оҥоһуллубут дьахтар саппыкыта быдан чэпчэки – 4500 солк.
Онон дьахтар баһыттан атаҕар диэри таҥнар буоллаҕына, уопсайа 150 тыһ. солк. тахса харчы диэн суоттаатыбыт.
Ушатова Нарыйаана, «Саха сирэ» сайт