Ньурба улууһугар иккис сылын субуруччу Үөрэхтээһин сыла салҕанар. Үөрэнээччилэр уонна учууталлар үөрэхтэригэр уонна үлэлэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ, үөрэх эйгэтин матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базатын тупсарыыга уонна бөҕөргөтүүгэ улахан болҕомто ууруллар.
Ньурба улууһун үөрэхтээһинин эйгэтигэр үлэһиттэри толору хааччыллыылаах дьиэнэн хааччыйыы буолар. Улуус бюджетыттан үбүлэнэн Дьаархаҥҥа дэриэбинэ ортотугар элбэх аналлаах Киин таһыгар уонна Ньурбачааҥҥа 4 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах уопсай дьиэлэр тутулла тураллар. Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Павел Александров кэпсииринэн, уопсай дьиэ бэдэрээтчитинэн ИП Егоров буолар. Маалыкайдар тута сылдьаллар. Биригээдэ бастаан холлоҕоһун бүтэрэн барбыт. Дьиэ уопсай иэнэ — 200 м2 кэриҥэ. Биирдии кыбартыыралар иэннэрэ — 34 м2. Билигин иккис биригээдэ кэлэн хара муостатын уонна сарайын оҥоруохтаах. Дьиэни бүтэрэн бу сыл сэтинньи ыйыгар үлэҕэ киллэриэхтээхтэр.
«Бу дьиэ улууска Үөрэх сылын чэрчитинэн тутулла турар, эдэр исписэлиистэргэ ананар, — диир Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Павел Михайлович. — Манна үөрэх уонна култуура үлэһиттэрэ киирэн олоруохтара. Улуустан 8 мөл. солк. көрүллүбүтэ, оттон аукцион биллэриллэн уопсай сыанатыттан 1 мөл. кэриҥэ кыччаабыта. Онон 7 мөл. солк. сыаналаах тутуу буолар. Нэһилиэккэ үлэлиир эдэр исписэлиистэрбитигэр табыгастаах усулуобуйа тэриллэрэ үөрүүлээх«.
Ааптар: Геннадий Антонов