Арктика улуустарыгар авиациянан «күөх рейстары» тириэрдии былаан быһыытынан баран иһэр. Бу күннэргэ Дьокуускайтан Баатаҕайга 36 тн 600 кг сибиэһэй ас тиийдэ.
Арыылаахха 4 тн 100 кг, Суордаахха – 3 тн 600 кг, Сартаҥҥа — 2 тн 700 кг, Дулҕалаахха – 2 тн 690 кг, Табалаахха – 2 тн 100 кг.
Санаттахха, Дьааҥы улууһун киинигэр Баатаҕайга атыы- логистика киинэ ахсынньыга үлэтин саҕалыахтаах. Манна бородууктаны харайар анал морозильнай камералар тураллар. Дьаһал Арктика олохтоохторун куруук сибиэһэй аһынан хааччыйыыга туһалыаҕа диэн суруйар «Дьааҥы» хаһыат.