Хоту улуустарга кыстык билиҥҥитэ этэҥҥэ баран иһэр. Эбээн Бытантай Дьарҕаалаах нэһилиэгэ (баһ. Л.В.Горохов) быйыл сайын оттооһуҥҥа күчүмэҕэйдэри көрсө сылдьыбыта. Онон кэтэх хаһаайыстыбалар от атыылаһарга сайаапка түһэрэн баран, сорохтор аккаастаммыттар. Онон билиҥҥи туругунан 12 т сакаастаабыттар. Дэриэбинэттэн чугас оттуур буолан, отторун тыраахтарынан, массыынанан кэпсэтэн тиэйтэрэллэр.
Кустуурга бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн анал бөлөх тиийэ сырытта. 250 т отунан сыл тахсыахтаахтар эрээри, 200 т оттоохтор. Онон 65 т атыылаһаары сайаапкалаабыттар. Нэһилиэккэ уопсайа 340 сылгы, кэтэх ыалларга 125 ынах сүөһү, бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбаларыгар 80 сүөһү кыстаан турар.
Аллайыаха Быйаҥныыр нэһилиэгэр сүөһү кыстыга этэҥҥэ баран иһэр. Аҕыйах сүөһүлээх, сылгылаах да буолан, отторо, уотурбалара тиийэр. Халаан күчүмэҕэйдэрин туораабыт Дьааҥы Дулҕалааҕар билиҥҥитэ кыстык этэҥҥэ баран иһэр. Сайын кыстыыр отторун 40 эрэ бырыһыанын булуммуттара. Онон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ от аҕалыахпыт диэн эрэнэн олороллор. Уотурбаны, эбиэһи, гранулированнай от сакаастаабыттар. 112 куул уотурба, 299 куул эбиэс тиксибит. Ону үллэрбиттэр. Холобура, 2 сылгыга – биирдии куул эбиэс.
Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Ариан Чукров этэринэн, быйыл сылгы хаһыыта үчүгэй буолар чинчилээх, билиҥҥитэ хаар чараас. Дулҕалаахха сылгы ахсаана сыыйа эбиллэн иһэрэ үөрдэр. 104 ынах сүөһү баар буоллаҕына, 634 сылгылаахтар.
Хаартыска: архыып
Источник: https://sakha-sire.ru/ot-atyylaharga-sajaapkalaabyttar/