Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайыгар 30 киһилээх ойуур баһаардарын бохсор киин тэриллэр. Бу туһунан Ил Дархан бэҕэһээ Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө тэлэбиисэринэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.
«Быйыл РФ айылҕа харыстабылын миниистирэ Александр Козловы кытары үлэлэһии түмүгэр эбии 200 мөл солкуобай тиэхиньикэ ылыытыгар көрүлүннэ. Маны таһынан ЫБММ өттүттэн көмө эрэйэбит», — диэтэ Ил Дархан.
«Бүгүн Дьааҥы Баатаҕайыгар Аартыка оройуоннарыгар тахсар ойуур баһаардарын умулуннарыыга үлэлэһэр киин тэрийэр туһунан дьаһал таһаардым. Тэрилтэҕэ 30 киһи үлэлиэ. Маны таһынан Якутлесресурс тэрилтэ иһинэн баһаарынай ахсаанын элбэтэргэ үлэлиибит, ити бастайааннай төрүөккэ үлэһит илиитин элбэтиэ», — диэтэ Айсен Николаев.