Дьааҥы оройонугар эбиэhи ыhан үүннэриигэ чинчийэн үөрэтии үлэтэ саҕаланна. М.Г. Софронов аатынан тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытта улуус салалтата бу хайысханы сайыннарыыга дуогабар түһэристилэр.
Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Чириков уонна тыа хаһаайыстыбаын начальнига Александр Потапов Эргэ Остоолбо уонна Үөттээх сирдэригэр эбиэс ыһыытын үлэтин боппуруостарын тула мунньах ыыттылар. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ уонна институт бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар, үлэни тэрийэргэ диэн кэпсэттилэр.
Институт сүөhү сиир бородуксуйатын үүннэрэр отделын научнай сотруднига Валентина Николаева уонна наука кандидата, старший научнай сотрудник Христина Максимова Остоолбоҕо уонна Үөттээххэ эбиэс ыһарга сөптөөх бааһына сирдэрин тула туһааннаах боппуруостары көтөхтүлэр.
Аан дойду үрдүнэн айылҕа уларыйыыта, сылыйыыта бара турарынан, Саха сиригэр кукуруза, подсолнух курдук итиини сөбүлүүр үүнээйилэри үүннэриигэ чинчийии ыытылларын, хоту оройуоннарга эбиэһи үүннэрии бары өттүнэн табыгастааҕын эттилэр. «Эбиэс үүнүөн сөптөөх сирин көрдүбүт. Үлэ технологиятын үөрэтэрбитигэр техника, күрүө тутуута наада, үлэ картатын оҥорон ыытыахпыт», — диэтилэр.
Хортуоппуйу үүннэрии элбэх ууну эрэйэр эбит буоллаҕына, сииктээх, күн сылаас кэмнэригэр ыһыллыбыт эбиэс 4-5 күнүнэн, оттон курааҥҥа уонча хонугунан тахсарын олохтоохтор сэргии иhиттилэр.
Эбиэһи, барыллаан былаан быһыытынан, Үөттээх бааһынатыгар уонна Эргэ Остоолбоҕо ыhыахтара. Үөттээххэ 2 гаалаах сир Николай Николаевич Горохов, Эргэ Остоолбо 1 гаалаах сир Вадим Николаевич Горохов дьаһалларынан ыытыллар.
Санатар эбит буоллахха, Дьааҥы улууһугар 1990 сылларга, о.э. 30-ча сыллааҕыта күөх маасса, маны таһынан хортуоппуй үүннэрэ сылдьыбыттара. Сэбиэскэй кэмнэр саҕана Үөттээх хаһаайыстыбатыгар хаппыыста, турнепс, оҕурсуу кытта үүнэриллэрэ. Онон хоту да дойдуга эбии аһылык ыларга эбиэс үүннэриитэ табыллыаҕа диэн эрэл баар.
Эбиэһи үүннэриини улуус атын нэhилиэктэрин тыа хаhаайыстыбалара сэргээтилэр, баҕалаахтар бааллара билиннэ. Учуонайдар: «Бу саҕалааhыңңа чахчы баҕалаах эдэр дьон бааллара үлэ ыытыллыытын тирэхтиир» — диэн санааларын эттилэр.