22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьааҥы Аал Луук маһа ыалдьыттары соһутуоҕа

12:53, 17 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Дьааҥыга Руслан Тараховскай режиссердаах 40-ча киһилээх өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах аһыллыытын, сүрүн тэрээһиннэрин бэлэмниир бөлөх үлэтин саҕалаата.


Кэлэр нэдиэлэттэн, бэс ыйын 20 күнүттэн саҕалаан, Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн араас култуурунай тэрээһиннэр, испэктээкиллэр саҕаланыахтара. Бэс ыйын 27 күнүгэр Дьааҥы ытык сиригэр өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаах-суоллаах сүрүн олоҥхоһуттар үктэниэхтэрэ. “Верхоянскай оройуона” МТ баһылыга Виктор ПАВЛОВТЫЫН кэпсэтиибит бу түгэнтэн саҕаланна.

— Виктор Герасимович, өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттара сөмөлүөттэн түһээт, тута Верхоянскай куоракка айанныыллар дуо?

— Суолталаах ыалдьыттарбытын тута Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар сиригэр Дьааҥы кырдьаҕас куоратыгар илдьиэхпит. Бу күн мин, оройуон муниципалитетын баһылыга буоларым быһыытынан, “Олоҥхо Ыһыаҕын иккис эргиирэ Ытык Дьааҥы сиригэр” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Х Олоҥхо Ыһыаҕын ытык ыалдьыттарын – олоҥхоһуттары кытта Моҕол ураһабар анаан көрсүөҕүм.

Бу күннэргэ оройуон историятын туһунан 2 тыһ. экз. уонна Дьааҥы олоҥхотугар анаммыт сүүрбэччэ кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Ол кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ уонна “Олоҥхо уонна тыйаатыр” диэн Дьааҥыга тыйаардырдар көрсүһүүлэрэ бэс ыйын 21-27 күннэригэр ыытыллыахтара. Онон эрдэ тиийэр дьон бу тэрээһиннэргэ кыттыыны ылыахтара.

— Айан суотун төлөбүрэ хайдаҕый?

— Улуустар бэрэстэбиитэллэрэ бары бэйэлэрин суоттарыгар үбүлэнэн кэлэллэр. Чэпчэтиилээх билиэттэр тыыл бэтэрээннэригэр, оройуон бочуоттаах дьонугар уонна Олоҥхо ыһыаҕар кыттар бөлөхтөргө эрэ көрүллэр. Уопсайа 500 чэпчэтиилээх авиабилет көрүллүбүтэ. Онтон дьааҥыларга — 395, уоннааҕыта — Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмититэт иһинэн тарҕаныллар билиэт.

— Тиийбит ыалдьыттары туох көлө көрсөрүй? Сөмөлүөттэн түһээт, тута Верхоянскай куоракка айанныыллар дуо?

— Дьокуускайтан көтөн тиийбит ыалдьыттары 13 ПАЗ оптуобустар, 14 оскуола оҕолорун тиэйэр УАЗ массыыналар таһыахтара. Бу күннэргэ көлөлөр сырыыларын графига СӨ Транспорт министиэристибэтинэн бигэргэниэҕэ. Улуустар дэлэгээссийэлэрэ бэс ыйын 25 күнүттэн айаҥҥа турунан, Дьааҥы сиригэр үктэниэхтэрэ. Сөмөлүөттэн түһээттэрин кытта, ыалдьыттары национальнай таҥастаах ытык Дьааҥы олохтоохторо арыылаах алаадьынан, кыыньар кымыһынан көрсүөхтэрэ. Онтон анал оптуобустарга олордон, Баатаҕайтан Верхоянскай куоракка илдьиэхтэрэ. Аара баран иһэн, ыалдьыттарбыт хайа сахаларын ытык сирдэригэр тохтоон, сүгүрүйэн ааһыахтара.

— Верхоянскайга тиийдэхтэринэ, хас биирдии улуус дэлэгээссийэтэ анал түһэр сирдээх буоллаҕа дии?

— Верхоянскай куорат оскуолата, спортсаалата, интернат корпустара, оҕо тэрилтэлэрэ – барыта ыалдьыттарга ананан көрсөргө бэлэмнэр. Ол курдук, түспүт сирдэрин аайы аһыыр иһиттэрэ, утуйар таҥастара – барыта сабыс-саҥа. Суунар-тараанар сири эмиэ туттубут. Онон дьон сынньанар, бырааһынньыктыыр усулуобуйатын толору тэрийдибит.

— Саамай элбэх дэлэгэссийэлээх улуустар билиннилэр ини?

— Уопсайа тыһынчаттан тахса киһи өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кыттара былааннанар. Онтон ордук көхтөөхтөрүнэн (40-чалыы киһилээхтэр) уус-алданнары уонна чурапчылары чорботон бэлиэтиэххэ сөп. Бу улуустар салалталара олоҥхоһуттарын, араас куонкуруска кыттар дьоннорун аҕалар былааннаахтар.

— Оттон оройуон кытыы нэһилиэктэрин олохтоохторо Олоҥхо ыһыаҕар хайдах кэлэллэрий?

— Нэһилиэктэрбитигэр бөртөлүөтүнэн көтөргө чэпчэтиилээх 44 рейси ыллыбыт. Ол онон ыһыахха кэлэргэ испииһэккэ суруттарбыт 500-чэкэ киһини аҕалаары олоробут. Оттон суоллах-иистээх нэһилиэктэр дьоннорун бэйэлэрэ массыынанан аҕалыахтара. Ол курдук, бэс ыйын 23-24 чыыһылаларыгар Боруулаах, Элгэс, Адыаччы, Остуолба нэһилиэктэрин олохтоохторо массыынанан айаннаан кэлиэхтэрэ. Барылас, Суордаах, Арыылаах, Дулҕалаах, Оһохтоох, Сайдыы, Табалаах курдук уунан эрэ сырыылаах ыраах нэһилиэктэргэ бөртөлүөт эрэ көтөр. Анал күннэргэ бөртөлүөттэр бу нэһилиэктэр олохтоохторун Верхоянскайга аҕалыахтара уонна ыһыах бүттэҕинэ, дойдуларыгар төттөрү илдьиэхтэрэ.

— Дьэ, кытаанах тэрээһин үлэтэ барбыт…

— Сүрүннээн кырдьаҕас дьоҥҥутун аҕалыҥ диэн эппиппит. Маннык улахан тэрээһин үйэҕэ биирдэ эрэ буолар. Онон ытык дьоммут үөрүүлээх күннэрбитигэр кыттыыны ылаллара наада. Астара-таҥастара барыта бэлэм. Күҥҥэ бэйэлэрэ төлөөн, сууккаҕа 800   солк. кэриҥэ суумаҕа үстэ аһыахтара. Оттон түһүлгэ иһигэр аһааһын барыта – босхо.

— Босхо даа?

— Улуустартан кэлбит дэлэгээссийэлэри хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ көрсөр. Кинилэргэ сыһыарыллыбыт иккилии улуус дьонун-сэргэтин кэлиэхтэриттэн барыахтарыгар диэри арыаллыахтара, дойдуларын аһынан күндүлүөхтэрэ. Хас биирдии нэһилиэк ыалдьыттарын көрсөрүгэр бэйэтэ анал былааннаах.

— Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах туох сонун тэрээһининэн ыалдьыттарын соһутуоҕай?

— Дьааҥылыы тииптээх саха аттарын сүүрдүүгэ 12 хамаанда кытыаҕа. Бу күннэргэ кыттааччылар сүүрүүк аттарын илдьэ Верхоянскай куоракка мустан эрэллэр. Оҕолорго табанан сүүрдүү буолуоҕа. Хоту дойду олохтоохторо буоларбыт быһыытынан, Табалаахтан аҕалбыт табаларбытын оҕолор уучаҕынан сүүрдэн куоталаһыахтара. Хаҥыл атыыр соноҕостору айааһаан көрдөрүөхпүт. Бу атын улуустарга ыытылла илик уонна суох сонун тэрээһиннэри былааннаатыбыт.

— Виктор Герасимович, үгүс дьон Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар олоҥхоһуттар күөн күрэстэригэр дьон сылдьыыта аҕыйах диэн бэлиэтиллэр. Эһиги да атын улуустар ыһыахтарын көрөн-истэн баран, итинник алҕастары хатылаабат туһугар дьулустаххыт буолуо?

— Оһуохай күөн-күрэһин кэмигэр оҕо ыччат, орто саастаах уонна саастаах дьон бөлөхтөрө диэн араарыахпыт. Олоҥхоһуттар, биллэн турар, күнү быһа күөн көрсүөхтэрэ. Кинилэр сыралаах үлэлэрин учуоттаан, анал шатер тардыахпыт. Ол онно ас кырыы кырыытынан тардыллан туруоҕа. Босхо аһатыахпыт. Ол эбэтэр эн олоҥхолоон тахсаат, алаадьыта, эттэ сиэ, кымыста ис – бэйэҥ көҥүлүҥ. Онон олоҥхоһуттарга анаан бары усулуобуйаны тэрийдибит.

— Олоҥхо Аал Луук маһа эмиэ олох ураты көстүүлээх буолан тахсан эрэрин туһунан истибиппит…

— Аал Луук маһы хайдах оҥорор туһунан бэрт өр толкуйдаабыппыт. Бэрт элбэх эскизтэн мөккүһэн-мөккүһэн, билигин тутуллан бүтэ илигиттэн аатыра сылдьар Аал Луук маспытын талбыппыт. Тымныы чыпчаала, Георафическай киин Дьааҥыны кытта ыкса сибээстээҕин быһыытынан, сир шарыттан (глобус) саха мындыр ойуулаах Аал Луук маһа үүнэн тахсыбытын көрдөрдүбүт. Бу мас түүҥҥү өттүгэр электрическэй уотунан холбонор. Онон ыраахтан уота сандааран олорор. Маспытыгар 2,5 тыһ. анаан саакаастаммыт уотунан таҥыллыбыт хатыҥ сэбирдэҕэ киириэхтээх. Бу күннэргэ Аал Луук маспыт уотун холбоон көрдүбүт. Киһи тылынан эппэт кэрэ көстүүтэ! Инньэ гынан Олоҥхо символа – Аал Луук мас ыраахтан кэбит ыалдьыттары улаханнык соһутуоҕа. Аны маспытын кыһан оҥоруу ньымата интэриэһи тардыаҕа. Бу маны барытын Таатта мындыр маастардара оҥоро сылдьаллар.

— Оттон Дьааҥы аатырбыт олоҥхоһута Даарыйа Чаайкаҕа аналлаах тугу оҥордугут?

— Хайа сахаларын ааттаах-суоллаах олоҥхоһута Даарыйа Чаайкаҕа пааматынньык сакаастаан оҥоттордубут. Ол ону Ыһыах күннэригэр үөрүүлээхтик аһыахпыт.

— Ыһыаҕынан сибээстээн, куорат тас көстүүтүн тупсарыыга сыһыаннаан, үлэ бөҕө бардаҕа. Тупсарыы сылынан Верхоянскай куорат сыллааҕы үлэтин былаанын үксүн кэриэтэ толордоҕо?

— Куорат киһи билбэт буола түстэ. Олохтоохтор олус көхтөөхтүк кыттан, хас эмэ уонунан сылларга мунньуллубут бөҕү-саҕы хомуйда, ыраастаата. Дьон муспут бөҕүн таһарга массыына тиийбэтэ. Ол иһин Баатаҕайтан эбии самосвал аҕалтарбыттара.

— Виктор Герасимович, улахан тэрээһин куонкурустара, күрэхтэһиилэрэ дьоһуннаах бириистэрдээҕэ буолуо?

— Бириистэр олох үчүгэйдэр. Ол курдук, квадроцикллар, бураннар, саалар, кытай тыраахтара…

Дьааҥылар ити курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар толору бэлэмнэр. Баһылык Виктор Павлов бэлиэтииринэн, аны бу этнографическай комплекска өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыччат ыһыаҕын ыытарга былааннаналлар, ону тэҥэ 2018 сылга Дьааҥы кырдьаҕас куората 380 үбүлүөйдээх сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэхтэрэ. Буолумуна, ол да иһин өрөспүүбүлүкэбит салалтата улуустарынан Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытар буоллаҕа. Сайдыы суола салгыы түстэннин диэн.

 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА