Бүлүү улууһун Дьөккөнүгэр «Лүксүгүн» экоферма «Агротуризм» федеральнай бырагырааманан үбүлэнэн үлэтин саҕалаата. Ионовтар куонкуруска 2023 сыллаахха кыттыбыттара уонна 2024 сылга үлэлэрин саҕалыахтаахтара.
Ионовтарга мин 2023 сыл кулун тутарыгар сылдьыбытым. Онно кинилэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар судаарыстыбаннай өйөбүллэрэ тыа сиригэр, бастатан туран, үлэ миэстэтин таһаарыыга уонна дохуоттаах буолууга көмөлөһөрүн эппиттэрэ. «Агротуризм» гранын интэриэһиргии сылдьалларын кэпсээбиттэрэ, онно анаан саамай интэриэһинэй хайысханан мүөттээх ыҥырыаны иитии буолуохтааҕын эппиттэрэ. «Тылтан — дьыалаҕа».
Онтон бүгүн кэллиэгэм Мария Горохова Саха сиригэр агротуризм хайысхатыгар үлэлэрин саҕалаабыт хоһуун дьон туһунан суруйуутун сигэнэн киирэн ааҕыҥ:
Иппотерапия и отдых в апидомиках: семья из Вилюйского района открыла уникальную экоферму