Бэҕэһээ, муус устар 4 күнүгэр, А.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Дьүкээбил суһумнуур дьиримэ» үбүлүөйдээх айар киэһэ буолла.
Дьоро киэһэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Хаҥалас, Үөһээ Дьааҥы улуустарын, Верхоянскай куорат, Элгэс нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, бэйиэт, суруйааччы Христофор Горохов—Элгэстэй 80 сааһыгар ананна. Көрөөччүлэр саалаҕа киириэх иннинэ Покровскай киин бибилэтиэкэтэ тэрийбит быыстапкатын билистилэр.
Христофор Петровиһы эҕэрдэлии төрөөбүт-үөскээбит Дьааҥы улууһуттан уонна билигин олорор Хаҥалас улууһуттан кэллилэр.
Дьааҥы улууһун баһылыгын солбуйааччы Михаил Осипов, култуура улуустааҕы управлениетын начаалынньыга, суруйааччы Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал,Элгэс с. баһылыга Вячеслав Слепцов биир дойдулаахтара улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын киллэрэ сылдьарыгар ис сүрэхтэриттэн махтаннылар уонна кининэн киэн тутталларын эттилэр. Ытыктыыр уонна убаастыыр киһилэрэ Элгэстэй быйылгы үбүлүөйдээх сыла Дьааҥы улууһа төрүттэммитэ 380 сылыгар сөп түбэспитэ кэрэхсэбиллээҕин астына бэлиэтээтилэр. Михаил Осипов«Туймаада саҥата» хаһыакка ааптардардыын бииргэ үлэлээбит кэмнэрин, Виктор Стручков Христофор Горохов Сартаҥ оскуолатыгар дириэктэрдээбит кэмнэрин, кини оҕолор үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэр үтүө санаалаах салайааччытын ахтан-санаан ааста. Манна сыһыаран эттэххэ, Христофор Гороховбыйыл дойдутугар Элгэскэ баран истиҥ көрсүһүүнү тэрийбитэ.
Үбүлүөйдээх суруйааччы ону сэргэ, СӨ Култууратын министиэристибэтин Махтал суругунан бэлиэтэннэ. Хаҥалас улууһун култууратын управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ – «Хаҥалас улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни, СӨ Суруйааччыларын сойууһун аатыттан Афанасий Гуринов—Арчылан Сергей Васильев—Борогонскай аатынан мэтээли туттардылар.
Лиирик-бэйиэт тапталы, дьахтар кэрэтин хоһуйбут үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. Ырыа айааччылар кини хоһоонноро ис-иһиттэн муусука буолан иһиллэллэрин, нуотаҕа бэйэлэрэ көмүс дьүрүскэн буолан кутуллалларын бэлиэтииллэр.
Бу күн бэйиэт истиҥ-иһирэх ырыаларын Владимир Татаринов, Алексей Калининскай, Катерина уонна Алексей Егоровтар, Павел Семенов, Василий Еремеев, Николай Слепцов, Сергей Кудаисов, Константин Степанов, Лидия Харитонова, Михаил Атласов, Милена Борисова, Николай Пестерев. «Туймаада» ансаамбыл уо.д.а. толордулар. Дьааҥылартан Анна уонна Михаил Рожиннар «Хаар», Дьааҥы улууһун култуура управлениетын методиһа, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Раиса Чирикова «Якутянка» диэн тэбэнэттээх ырыаларынан уо.д.а. көрөөччүлэр куттарын туттулар.
Бэйиэт Дьокуускай куоракка, ХИФУ-га уонна араас тэрилтэлэргэ анаан суруйбут Өрөгөй ырыаларын үрдүк үөрэх кыһатын хора, Хаҥалас улууһун уонна Хатас с. ыччаттара толордулар. Христофор Гороховы «кыыс таҥаралаах бэйиэт», «күннээх бэйиэт» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Көрөөччүлэр «Кыламаҥҥар күн үҥкүүлүүр», «Оҕо сааһым сарсыардата», «Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиэм», «Үөрбүт-көппүт хараххынан», «Ой дуораана» уо.д.а. ырыалара ылланнылар.
Ырыаһыт-бэйиэт – 50-ча кинигэ ааптара (ол иһигэр отута – хоһооннорун хомуурунньуга). Дьоро киэһэ «буруйдааҕа» кинини сценаҕа эҕэрдэлээбит дьоҥҥо Саха судаарыстыбаннай университетын история факультетын бүтэрбитэ 50 сылыгар анаабыт «Сырдык сыдьаайдаахтар» (ХИФУ бибилэтиэкэтигэр сүрэхтэммитэ) диэн кинигэтин бэлэх уунна уонна өссө икки кинигэ тахсаары бэчээккэ бэлэм сытарын туһунан иһитиннэрдэ.
Ааптар бэйэтэ олоҕун араас кэрчиктэрин уус-ураннык кэпсээн итиэннэ ыытааччы, араадьыйа суруналыыһа Альбина Тарабукина соһуччу ыйытыыларыгар аһаҕастык хоруйдаан, көрөөччүлэр истиҥ-иһирэх көрсүһүүттэн чахчы да астыннылар. Христофор Горохов кэпсээбитинэн, кини хоһооннору өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн интэриэһиргээбитэ. Тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан бастакы сэмэй хоһоонноруттан биирдэстэрэ биһирэммитэ уонна хомсомуол тэрилтэтэ ыыппыт куонкуруһун лауреата буолбута. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, үлэлиир кэмнэригэр сүүрбэччэ сыл айар үлэттэн тэйэ сылдьыбыта. Онтон 1980 с. «Эдэр коммунист» хаһыат сылы быһа кини уонтан тахса хоһоонун бэчээттээн, хаһыат эрэдээксийэтэ «Сыл бастыҥ бэйиэтинэн» сыаналаан, кинини айар үлэҕэ көҕүлээбитэ.
Олоҕун аргыһа, айар-тутар үлэтигэр бигэ тирэҕэ, көмөлөһөөччүтэ Екатерина Михайловна оҥорор уран оҥоһуктарын, киэргэллэрин кэрэчээн кыргыттар кэтэн хаамсан, дьоро киэһэни киэргэттилэр.
ЫСПЫРААПКА:
Хоһооннорун хомуурунньуга:
«Таптал сааскы тыллыылара», Алгыс аптаах биһилэҕэ», «Дьылым хаардаах ыллыгынан», «Сүрэх сырдык сүүрээннэрэ», «Ягодные зори» уо.д.а.