22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

COVID-19 вакцинатын балаҕан ыйыттан маассабайдык оҥорору былаанныыллар

13:01, 30 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Гамалеи аатынан национальнай чинчийэр итиэннэ Роспотребнадзор Новосибирскайдааҕы «Вектор» кииннэрэ оҥорон таһаарбыт вакциналарын бу күһүн промышленнай кэриҥинэн оҥорору былаанныыллар. Бу туһунан РФ вице-премьера Татьяна Голикова иһитиннэрбитин туһунан, РИА Новости  суруйар.


Гамалеи киинэ айан таһаарбыт вакцинатын атырдьах ыйыгар бэлиэтиир (регистрация) былааннаахтар, ол кэннэ балаҕан ыйыгар маассабайдык оҥорон саҕалыахтара. «Вектор» вакцинатын балаҕан ыйыгар бэлиэтиэхтэрэ уонна алтынньы ыйтан оҥорон барыахтара.

Вакциналары төһө-хачча кээмэйинэн оҥорон таһаарыахтарын билигин Бырабыыталыстыбаҕа үөрэтэ сылдьаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар