Таатта улууһун Чычымаҕар Дьаамныыр суолга дьэдьэннээх туос ыаҕайа баар буолла. «Эһиил ситэриллэн, тула өттө сибэккинэн симэниэ«, — диир ааптар Александр Григорьев — Саалтааны.
Чычымахха оскуола лааҕырын аттыгар дьэбин сиэбит урукку цистерна турбута. «Быйаҥ» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, Россия бочуоттаах фермерэ Данил Егорович Афанасьев ону көрөн: «Бу эргэ цистерна уруһуйданара буоллар, Кыыс Амма кэрэ айылҕатыгар сынньана кэлэр дьон үөрүө этэ«, — диэн санаатын тустаах салайааччыларга этэр.
Нэһилиэк баһылыга Степан Соров фермер этиитин өйүүр. Оскуола дириэктэрэ Андрей Миронов толкуйу сэҥээрэр. Онон дьаһал ылаллар.
Ойууһут Александр Григорьев — Саалтааны дьэдьэннээх туос ыаҕыйаны оҥрон таһаарар. «Композиция эһиил силигэ ситэн, сибэкки арааһа клумбаҕа олордуллан, Чычымах олохтоохторун уонна ыалдьыттарын үөрдүө«, — диир кини. Бу туһунан Саалтааны кэргэнэ Туйаара Кучу СИА-ҕа кэпсээтэ.