22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчылар Судаарыстыбаннас скверигэр мустан оһуохайдаатылар

10:10, 30 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһун киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээһин дьаһалларын чэрчитинэн „Судаарыстыбаннас скверигэр“ үөрүүлээх миинин ыытылынна.


Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннас скверэ урукку өттүгэр Октябрьскай Революция 50 сылын аатын сүгэрэ. Манна ити күҥҥэ анаммыт пааматынньык, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ Сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа биллэр-көстөр үлэни ыыппыт Н.Д. Кривошапкин-Уот Субуруускай, Е.И. Курашов-Дед Курашов, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин бюстара турбуттара. Былырыын сударыстыбаннас күнүгэр  биллиилээх политическай деятель, Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтонуутун бастакы сылларыгар өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кэккэтигэр сылдьыбыт Иван Николаевич Винокуровка  бюст туруоруллубута, томтор „Судаарыстыбаннас скверинэн“ ааттаммыта.

Үөрүүлээх дьаһалы иилээн-саҕалаан ыыппыт диктордар  ыҥырыыларынан өрөгөйдөөх марш музыкатыгар доҕуһуоллатан, сквергэ тахсар кирилиэһинэн  Чурапчы улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу А. А. Ноговицын, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ А. А. Захаров, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлин солбуйааччы О. В. Балабкина, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы А. Л. Бурцев, Ил Түмэн дьокутааттара М. Д. Гуляев, С. И. Никитин таҕыстылар, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Эҕэрдэ тылы бастакынан эппит Алексей Ноговицын бу күн суолтатын бэлиэтээтэ, улууспут  үлэҕэ-хамнаска ситиһиилээҕин, инники сайдарын эттэ, улуус иитээччилэрин идэлээх күннэрин бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ. Ольга Валерьевна Чурапчы улууһун дьонун-сэргэтин өрөспүүбүлүкэ судаарыстыба быһыытынан сайдыытыгар олус улахан суолталаах күнүнэн эҕэрдэлээтэ, ситиһиини баҕарда. Семен Иванович өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыба быһыытынан сайдыытыгар бастакы салйааччыларбыт, коммунист баартыйа оруола улаханын бэлиэтээтэ, Улуу Кыайыы 75 сыла туолуутун үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилээх көрсөргө ыҥырда. Михаил Дмитриевич өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар икки улахан суолталаах датабыт — муус устар 27 күнүнээҕи суверенитет күнэ уонна балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи судаарыстыбаннас күнэ ылар оруолларын, сахалар омук быһыытынан бэйэбитин билинэрбитигэр суолталарын бэлиэтээтэ. Афанасий Афанасьевич Чурапчыттан үүнэн тахсыбыт судаарыстыбаннай деятэллэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан үтүөлээхтэрин эттэ, былырыын бюһа туруоруллубут И.Н. Винокуров олоҕун, үлэтин үөрэтэргэ ыҥырда.

Үөрүүлээх митинг Айталина Сивцева „Сахам сирэ“ ырыаны өрө күүрүүлээхтик толоруутунан, доҕордоһуу оһуохайынан түмүктэннэ.

Ааптар: Алексей СЛЕПЦОВ, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА