Муус устар 27 күнэ, саха норуотун устуоруйатыгар дьоһун суолталаах бэлиэ күн. Бүгүн — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибитэ. 1992 сыллаахха, Саха автономиятын 70 сыллаах үөрүүлээх күнүгэр, муус устар 27 күнэ – Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу күүтүүлээх уонна үөрүүлээх бэлиэ күн, Чурапчы улууһугар сыллата үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэринэн, Чурапчы нэһилиэгэр “Улуу Өктөөп 50 сылыгар” анаммыт мемориалга биллэр Судаарыстыбаннай диэйэтэл Иван Винокуров бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ олохтоох бэйэни салайыныы, үөрэх эйгэтин, култуура салаатын бары үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев бүгүҥҥү долгутуулаах күн Саха өрөспүүбүлүкэтигэр уһулуччу улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу күн үгэс курдук, саха норуотун чулуу уолаттарын Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову, Иван Винокуровы уо.д.а. истиҥник ахтан-санаан ааһарбыт, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэрбит, тиһиктээх тэрээһин ыытыллара ыччакка үтүө өйдөбүл буоларын эттэ. Биһиги бу ытык дьоммутугар махталбыт бэлиэтин өрө күүрүүлээх үлэнэн-хамнаһынан, бастыҥ билиинэн-көрүүнэн көрдөрөр ытык иэстээхпитин ыйда. Итиэннэ Саха сирэ Арассыыйа Федерациятыгар тэтимнээхтик сайдар субъект быһыытынан дьоһун миэстэни ыларын, бу ситиһии өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин үлэтинэн-хамнаһынан, сыратынан ситиһиллэрин бэлиэтээтэ. Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ мустубут бары ыалдьыттары, устудьуоннары эҕэрдэлээтэ.
Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников Саха сирэ сайдарын туһугар сүдү суолталаах үлэни оҥорбут саха чулуу уолаттарыгар бу күн сүгүрүйэн ааһар ытык иэстээхпитин санатан туран, чуо бу күн норуот ордук сомоҕолоһорун бэлиэтээтэ. Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Иван Винокуров курдук саха чулуу уолаттара, саха саарыннара оҥорбут үлэлэрин өрүү өйдүү-саныы, ытыгылыы, бу ытык дьон аатынан киэн тутта сылдьарга эттэ.
Төһө даҕаны халлааммыт тымныйбытын үрдүнэн, дьон-сэргэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн Ленин аатынан киин болуоссакка хаһааҥҥытааҕар даҕаны үгүс киһи мустан Чурапчылыы добун оһуохайга туруннулар. Оһуохайы Аан Дархан этээччи, СӨ Ил Дарханын Гранын хаһаайына, көҥүл тустууга Сойуус чөмпүйүөнэ, алгысчыт Семен Морфунов уонна эдэр кэскиллээх ырыаһыт, композитор, режиссер Василий Николаев таһаардылар.
Бүгүн биһиги тутаах сорукпутунан дойдубутугар уонна анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарбытыгар эрэллээх тыылы хааччыйыы, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу буолар. Кэлэр кэскилбит туһугар, Кыайыы иһин элбэх омуктаах норуоппут биир сомоҕо буолара бүгүн хаһааҥҥытааҕар да быһаарар суолталаах. Ыарахаттары туоруурбутугар, сыалбытын ситиһэрбитигэр түмсүүлээх буоларбыт, Ийэ дойдубутугар тапталбыт уонна күүрээннээх үлэбит, күүстээх санаабыт төһүү буолуо диэн эрэнэбин. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрчими, саҥа ситиһиилэри, дьолу-соргуну, үлэҕитигэр уонна тус олоххутугар кыайыыны-хотууну баҕарабын! – диэн Степан Анатольевич этиитин түмүктээтэ.
Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһа