Өрөспүүбүлүкэҕэ амбулаторнай онкологическай көмө кииннэрин ситимэ улуустарга кэҥээн иһэр. Ол курдук, маннык кииннэр “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак уонна “Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн, бэс ыйыгар Чурапчы уонна Томпо оройуоннааҕы киин балыыһаларын иһинэн арыллыахтара.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 15 амбулаторнай онкологическай көмө кииннэрэ арыллан, үлэлии тураллар. Манна ыарыы сибикитин билбит дьон кэлэн доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэтэр, ону тэҥэ, искэн ыарыылаах дьон кэмиттэн-кэмигэр кэлэн көрдөрүнэллэр, эмтэнэллэр, дьиэлэриттэн ырааппакка эрэ, химиотерапияны ылаллар.
Сэрэхтээҕэ диэн, искэн ыарыылара бастаан бэйэлэрин биллэрбэккэ эрэ, кэрбээн сииллэр, улаатан, баалатан кэбиһэллэр. Искэн ыарыыта төһөнөн эрдэттэн булуллар да, соччонон көдьүүстээхтик эмтэниллэр кыахтаах. Маннык сэрэтэр үлэни ордук омук дойдуларыгар кыайа-хото туһаналлар, ол иһин кинилэргэ искэнтэн өлүү бырыһыана кыра. Онон ордук сааһырбыт дьон кэмиттэн кэмигэр анаалыс туттаран, бырааска тиийэн, көрдөрүнэ, бэрэбиэркэлэнэ сылдьыахтаахтар.
Хаачыстыбалаах уонна табыгастаах онкологическай көмөнү оҥорор кыахтаах маннык кииннэр онуоха туһалаах буолаллара саарбаҕа суох.