22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчы улууһун баһылыга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мунньаҕар кытынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мунньаҕар кыттыыны ылла, диэн СИА-ҕа улуус дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрдэ. Кини санаатынан, сүөһү иитиитин намыһах көрдөрүүтүн сүрүн биричиинэтэ – аһылык мөлтөҕө.

Кини  бүтүн өрөспүүбүлүкэ ынаҕын-сүөһүтүн ахсааныттан 10%-на, сылгыттан 9%- на Чурапчыга баар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, быйылгы сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан улуус бары хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһү ахсаана 18 662 төбө, ол иһигэр ыанар ынах — 7323 төбө. Оройуон үрдүнэн 1 ыанар ынахтан үүт ыама 2021 сылга 1800 киилэҕэ тэҥнэспит.

Баһылык тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар кыһалҕалаах боппуруостар үөскээһиннэрин сүрүн төрүөтүнэн олус кураан сыл турааһына буоларын эттэ. Ааспыт сыл от охсуутугар улахан хоромньуну таһаарда диэн бэлиэтээтэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна тас өттүгэр оту тиэйиини тэрийии үлэтэ бара турар. Былааннаммыт кээмэй 95%- на тиэрдилиннэ.

Улууска сүөһү иитэр хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ үлэ барар. Өссө биир сүрүн хайысханан «Агростартап» уонна «Дьиэ кэргэн фермата» бырагыраамалары олоххо киллэрии буолла. Билигин грант ылбыт дьон улууска 151 үлэ миэстэтин таһаардылар. Саҥа фермердэр үлэлэрин сүрүн хайысхаларынан сүөһү иитиитэ — 75%, сылгы 22% уонна үүнээйи — 3%.

Степан Саргыдаев сүөһү иитиитин намыһах көрдөрүүлэрин сүрүн биричиинэтэ – аһылык мөлтөҕө буолар диэтэ. Бу кыһалҕаттан тахсарга, айылҕа ресурсаларын туһаныыны кэҥэтиэх тустаахпыт диэн көрөр.

«Сири-уоту көдьүүстээхтик салайыы, тыа хаһаайыстыбатыгар баар кэккэ кыһалҕалары быһаарар кыахтаах. Маныаха, сири туһаҕа таһаарбат дьонтон сирдэрин ылан, атын үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо бириэххэ син, оччоҕо тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһыырыытын кээмэйэ улаатыа этэ», — диэн кини тоһоҕолоото уонна Чурапчы улууһун сиригэр-уотугар 2022 сыл — төрөөбүт «Ийэ сир» сыла биллэрилибитин сүрүн сыала манна сытар диэтэ.

Ону таһынан, «Дьиэ кэргэн экономикатын сайдыыта» бырайыагы олоххо киллэрии көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Бу бырагыраама көмөтүнэн, дьиэ кэргэн бэйэтэ аһын-таҥаһын хааччынарыгар, эбии дохуоттанарыгар үчүгэй түмүгү көрдөрдө.

Быйылгы сылга улуустааҕы тыа хаһаайыстыба көрдөрүүтүн тупсарарга  ынах сүөһү ахсаанын 3% улаатыннарыы, үүт ыамын 3,2% элбэтии, 1 ынахтан кэлэр үүтү 2 % үрдэтии, сүөһү аһылыгын 13%, туорахтаах култууратын (бурдук)15% уонна туттуллар бааһынаны 7,5 %-нан улаатыннарыы соруктара туруорулуннулар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Чурапчы улууһун сиригэр-уотугар производственнай үлэнэн 13 тыа хаһаайыстыбатын предприятиета уонна 323 бааһынай (фермер) хаһаайыстыбалар, 1800-тэн тахса тус  хаһаайыстыбалар үлэлииллэр. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы структуратыгар саамай элбэх бородууксуйаны-70% чааһынайдар оҥороллор, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 30% ылаллар. Тыа хаһаайыстыбатын валовой бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 2021 сылга 1695 мөлүйүөн солк., ол иһигэр сүөһү иитиитигэр 1406 мөлүйүөн солкуобай уонна үүнээйигэ 288 мөлүйүөн солк. тэҥнэһэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА