15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Чурапчы улууһун баһылыга дуоһунаһыттан тохтуурун курдук сымыйа сурах тарҕанна

16:14, 12 декабря 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын дуоһунаһыттан тохтуурун уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан тахсарын туһунан сурах тарҕанна.


Ол эрээри бу сымыйа сурах буоларын туһунан кини СИА-ҕа эттэ. «Бэҕэһээ киэһэ миэхэ маннык иһитиннэриини ыыппыттара. Сымыйа сурахтан олус соһуйдум. Мин хамаандам үлэтин былаана киэҥ: «Манчаары» оонньуулара, РФ президенин уонна СӨ баһылыгын туһулаан этиилэригэр ыйыллыбыт бырайыактары олоххо киллэрии, ону таһынан тыа хаһаайыстыбатын кластерын тэрийии, о.д.а», — диир Андрей Ноговицын.

Нэһилиэнньэ кини үлэтин өйүүрүн ордук бэлиэтээн эттэ: «Маннык сымыйа сурахтарынан үлэттэн аралдьыппаттара ордук. Билэр дьонум, аймахтарым элбэхтэ эрийэн ыйыталлар, ону барыта этэҥҥэ диэн быһаарарга тиийэбин», — диир кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА