Быйыл Чурапчы быраастара мобильнай медицинскэй комплекс массыынатынан сылдьан, оройуон ыраах сытар нэһилиэктэригэр сырыттылар. Мантан ыла тэйиччи дэриэбинэлэр олохтоохторо, ордук саастаах дьон медицинскэй чинчийиини ааһарга оройуон киинигэр киирэллэрэ наадата суох буолла, диэн СИА-ҕа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Мобильнай биригээдэҕэ: терапевт, эндокринолог, педиатр, окулист, функционалист, узист, оториноларинголог, акушер- гинеколог быраастар сылдьан көрүөхтэрэ.
«Тыа сирин олохтоохторо быраастар кэлэллэрин кэтэһэллэр уонна сөбүлээн көрдөрөллөр. Модернизация бырагырааматынан биһиги олорор сирбитигэр медицинскэй көмөнү чугаһатар кыахтанныбыт уонна профилактическай дьаһаллары былаан хоту ыытабыт, дьону көрөбүт, быһыы туруорабыт», — диэн кылаабынай быраас Артем Михайлович Ксенофонтов бэлиэтээтэ .
Бу күннэргэ мобильнай биригээдэ Хадаар нэһилиэгэр тахсан кэллэ. Исписэлиистэр 142 киһини көрдүлэр, 8 киһиэхэ киин куоракка киирэн салгыы көрдөрөллөрүгэр направление биэрдилэр.