Чурапчы улууһа быйыл былаан быһыытынан 39 тыһыынча туонна оту бэлэмниэхтээх. Бу былаантан 23 тыһыынча туоннаны оройуон сиригэр-уотугар бэлэмнииллэр, 6 тыһыынчаттан тахса туоннаны мобильнай биригээдэлэр бэлэмнииллэр, уоннааҕылар 10 тыһыынча туоннаны атыылаһыахтара, диэн СИА иһитиннэрэр.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэриитинэн, үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа 44 мөл. солк. төлөммүт. Ыйдааҕы уонна сыллааҕы былааннары толорууга уустук балаһыанньа көстөр. Ыйдааҕы былаан 44% туолла, сыллааҕы былаан 50% туолла. Бахсы, Одьулуун, Мырыла, Хатылы нэһилиэктэригэр үчүгэй көрдөрүүлээхтэр.
Атырдьах ыйыттан мобильнай оттуур биригээдэлэр от үлэтигэр киириэхтээхтэр.