Чурапчы оройуонугар сүөһү кыстатарга 39 тыһыынча туонна от наада. Атырдьах ыйыттан саҕалаан 6 тыһыынчаттан тахса туонна оту мобильнай биригээдэлэри кытта ыраах сытар нэһилиэктэргэ бэлэмниир былааннаахпыт, уоннааҕы 6 тыһыынча туоннаны атыылаһыахтаахпыт диэн, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.
«Кураан содулуттан уонна улуус алаас сирдэригэр оттооһун суох буолан, быйыл дьон сүрүннээн өрүс бассейннарыгар оту охсоллор», — диэн бэлиэтээтэ. Саргыдаев этэринэн, регион бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко мобильнай биригээдэлэри көһөрүү ороскуотун, ол иһигэр паром сырыытын ороскуотун, ону тэҥэ бэлэмнэммит аһылыгы уонна атыылаһыллар оту тиэйии сыанатын субсидиялыыр туһунан этиини өйөөтө.
«Оттуур ходуһаҕа 1887 киһи, 1063 тыраахтар, 840 звено үлэлииллэр. Улуус иһигэр 4,5 гектар оттонор ходуһаҕа, 2886 туонна от бэлэмнээтибит. Быйыл биһиги оту күөл кытыытыгар оҕустарыахтаахпыт, хас алаас аайы кытыы да сири мээнэ хаалларбакка хотуурдаах кэрийиэхтээхпит. Атын сылларга курдук, Дьокуускай уонна Хаҥалас улуустарыгар үс арыыга оттуу сылдьабыт. Ону тэҥэ Амма уонна Уус-Майа улуустарын кытта оттуур ходуһаларга кэпсэтии ыыттылар. Мантан 60-ча км ыраах сиртэн оту тиэйии ороскуотун толуйуохтаахтар. Маннык хоромньуну толуйуу республика сиригэр-уотугар эрэ таһаарыллыаҕа, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн төлөһүү суох. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр «Көҥүл Хотуур» биллэриэхпит, — диэн улуус баһылыга иһитиннэрдэ.