24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Чуоналыыр муостатын болдьоҕун иннинэ тутан бүтэриэхтэрэ

13:01, 27 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Анаабыр» регионнааҕы массыына тыраассатыгар Чуоналыыр үрэҕи туоруур муостаны тутуу тэтимнээх. Бэдэрээччик тутар-таҥар үлэни бу сылга биир ый эрдэлээн түмүктүүр былааннаах.

Эбийиэк суол управлениетын сакааһынан «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.

«Муостаны, кыраапык быһыытынан, сэтинньи 25 күнүгэр туттарыахтаахпыт. Ити эрээри биһиги биир ый эрдэлээн бүтэрэр былааннаахпыт, тымныылар түһэ иликтэринэ», — «Строймост» кылаабынай инженерэ Иван Титов эттэ. Кини эппитинэн, билигин тирэхтэри туруораллар, «Арктик-Про» (Мииринэй к.) сотрудниктара муостаҕа киирэр суолга буор куталлар. От ыйын иккис дэкээдэтигэр «пролетнай тутуутун» таҥыыга киириэхтээхтэр. Ити кэннэ атырдьах ыйын бүтүүтэ сталефибробетонунан муоста болотунатын сабыы саҕаланар. Балаҕан ыйыгар кырааскалааһын, суолга куттала суох айан элеменнэрин туруоруохтара.

Суол управлениетын хапытаалынай тутууга отдела иһитиннэрбитинэн, муоста киирэр сирин кытта холбуу аахтахха уһуна 1 км тахса, онтон муостата — 80 м. Бырайыак быһыытынан 594 м барьер аҕыраадата, 33 сигнал биэрэр столбик уонна 62 суол бэлиэтэ баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА