22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чокуурдаах уонна Аллайыаха дьаһалталара холбостулар

17:01, 01 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Аллайыаха улууһун баһылыгын Яков Елисеевы кытары көрүстэ. Өрүттэр улуус сайдыытын тула кэпсэттилэр.  


Айсен Николаев хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ күүскэ ылсары эттэ. Билиҥҥитэ улууска кыраапыктан хаалыы баара бэлиэтэнэр. Сир докумуоннарын кылгас кэм иһигэр оҥотторон, бырагырааманы кэмигэр үлэлэтэри сорудахтаата.

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах, Оленегорскай, Чкалов нэһилиэктэригэр барыта 44 олорор дьиэ көһөрүллүөхтээх. Барыта 17 тыһ. кв.миэтэрэлээх саҥа дьиэлэр тутуллуохтаахтар.

Яков Елисеев улуус бас билиитигэр 800 км-тэн тахса кыһыҥҥы суоллар баалларын, ону көрөргө үп тиийбэтин эттэ. Кини суоллары көрүүнү «Арктика суоллара» судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ биэрэри туруоруста. Айсен Николаев өйөбүлүн биллэрэн туран, баһылык тэрилтэҕэ этиитин киллэрэрин эттэ.

Балаҕан ыйын  22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Чокуурдаах итиэннэ Аллайыаха дьаһалталарын холбооһун үлэтэ түмүктэммит.

«Чокуурдаах бөһүөлэгэр билигин икки тыһыынча кэриҥэ киһи олорор. Дьаһалталары, бастатан туран, дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн холбуурга санаммыппыт«, — диир Айсен Николаев. Аллайыаха атын улуустарга холобур буолуон сөп, диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА