Бүгүн сарсыарда Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 5 км тэйиччи турар Чочу Күөлүгэр хотон умайбытын быыһаатылар.
Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаары утары охсуһар этэрээт байыастара дьуһуурунай чааска иһитиннэрии киирээтин кытта тахсан, хотон муостата уокка былдьанан истэҕинэ умуруордулар. Ол эрэн, хомойуох иһин, хотоҥҥо турбут кыыл-сүөл буруоҕа тумнастан кыайан быыһаммата. Хотоҥҥо коза, куурусса, кус, хаас, кролик кыстаан турбуттара.
Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Родион Егоров дьиэ кыылларын, көтөрү иитиинэн дьарыктаммыта балай эмэ буолла. Олохтоохтор контактнай зоопарк кэриэтэ тиийэн сайыҥҥы өттүгэр оҕолорун аралдьыталлара, суруйда «Үөһээ Бүлүү» хаһыат телеграм-ханаала.