Новочебоксарскайга эдэрдэргэ (ПОДА) чэпчэки атлетикаҕа Россия Кубога түмүктэннэ. Саха сириттэн түөрт спортсмен кыһыл көмүс мэтээли иилиннэ.
Күрэхтэһии Россия хамаандатын састаабын талыы түһүмэҕинэн билиннэ.
Саргылан Семёнов 400 м лидердаата. Ампутациялаах атлет соторутааҕыта Саха сирин доруобай спортсменнарын ортолоругар чемпионнаабыта, билигин кини Россия таһымыгар таҕыста.
Өссө биир кыһыл көмүһү Роман Ибрагимов ылла, кини уһуну ыстаныыга кыттыбыта.
Ядрону быраҕыыга — Яков Максимов уонна Айаал Сивцев бастыҥнар буоллулар. Сивцев саҥа рекорду олохтоото (11,24 м).
Маны сэргэ Виктория Петрова үрүҥ көмүс мэтээли ылла, ядрону быраҕыыга, Эрсан Львов манна боруонса наҕараадаланна. Икки боруонсаны Никифор Анисимов, 1500 уонна 800 м сүүрэн ылла.
Саамай элбэх наҕарааданы Анатолий Самсонов тутта — 60 уонна 200 м сүүрүүгэ үрүҥ көмүс мэтээл, ядрону быраҕыыга боруонса мэтээл.
Сүүмэрдэммит хамаанданы тренердэр Василий Олёнов уонна Петр Давыдов салайдылар.