«Биллэрин курдук, «Чаппанда» СПК сылгы иитиитинэн дьарыктанар биир бөдөҥ тэриллиилээх хаһаайыстыба буолар, — диир Леонид Владимирович. — Хаһаайыстыба 360-тан тахса сылгылаах, ол иһигэр 30 атыыр баар. Сылгылар турар 2 базаларыгар сырыттыбыт. Нэһилиэктэн чугас буолан, сылгыһыт уолаттар хоно сыппакка дьиэлэртэн эргийэ сылдьан көрөллөр, сарсыарда тиийэн аһаталлар уонна күнү быһа көрө сылдьаллар эбит. Былырыыҥҥы убаһаларыттан ремонтнайга диэн 14 төбөнү кыстата хаалларбыттар. Сылгылар уопсай туруктара этэҥҥэ. Сылгы аҥарын кэриҥэ аһылыкка киирэн турар. Маассабай төрүөх саҕаланнаҕына биэлэрин барытын киллэрэн аһатыахтаахтар.
«Чаппанда» СПК нэһилиэккэ социальнай суолталаах тэрилтэ быһыытынан дьоҥҥо олус наадалаах үлэлэри толорор. Сопхуос ыһыллыаҕыттан СПК тэриллэн күн баччаҕа диэри этэҥҥэ үлэлээн кэллэ. Нэһилиэк олохтоохторугар отторун-мастарын тиэйэн биэрэллэр. Хаһаайыстыба 10 үлэһиттээх, ол иһигэр сылгыһыттар уонна тырахтарыыс. Тэрилтэ матырыйаалынай–тэхиниичэскэй базата, чуолаан тиэхиньикэтэ эргэрбит. 8 тыраахтыртан 1 эрэ тыраахтыр арыый сэнэх диэххэ сөп: ылыллыбыта 10 сыл буолбут. Атыттара барыта 80-сс сыллааҕы тыраахтырдар. Ону ол диэбэккэ, СПК үлэһиттэрэ сыллата сөптөөх сапчаас булунан окко сыллааҕы былааннарын толороллор. Базаларын туруга уонна күһүө-хаһаа этэҥҥэ. Уолаттар үлэлиир настарыанньалаахтар. Ааспыт сайын үчүгэйдик оттообут буоланнар, отторун саппааһа элбэх, харыстаабакка сылгыларын аһата тураллар эбит».
Ааптар: Геннадий Антонов, Ньурба хаһыат