Арктика 13 оройуонугар чааһынай дьиэ туттааччыларга сүрүн тутуу матырыйаалын тириэрдиигэ көмө баар буолуоҕа. Төлөбүрэ суох өҥөнү Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата оҥоруоҕа.
«Ол эбэтэр киһи дьиэтин туттар матырыйаалын Дьокуускайтан атыылаһар, хампаанньа баазатыгар аҕалар, ону салгыы кыһыҥҥы суолунан эбэтэр навигациянан оройуон киинигэр диэри хампаанньа тириэрдэр », – диэтэ Романов. Миниистир эппитинэн, маннык дьаһаныы Арктикаҕа чааһынай дьиэ тутуутун сыаната чэпчииригэр туһалаах.
«Биир полуприцеп, холобур, 25 туонна эбэтэр 60 куб таһаҕаһы ылан тиэрдэригэр 900 тыһыынча солкуобайы ылар. Бу олус улахан суума. Онтон сылтаан Арктикаҕа дьиэни туттуу хааччахтанар», – диэтэ кини.