24 Сэтинньи 24.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Чөркөөх музейа ууну этэҥҥэ аһардар

Фото: Светлана Халгаева
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тардыы талах сөбүлээн үүнэр Таатта үрэх үрдүгэр Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейа 12 кэриҥэ гектар сиргэ тайаан сытар. Икки өттүттэн Таатта эбэ күөйэ устар. Бу күннэргэ Таатта улууһун Чөркөөҕөр халаан уута тоҕо анньан кэлэн, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, өбүгэлэрбититтэн хаалбыт ытык малларбыт хараллан турар норуот туппут музейын үлэһиттэрэ кэтиир-маныыр үлэлэрэ өссө эбилиннэ. Ол курдук чуолаан уус балаҕана, булчут үүтээнэ, Үктэтии миэлиҥсэ, ураһа, олоҥхо балаҕана намтал сиргэ тураллар.

Музей бэтэрээн үлэһитэ М.М. Охотин бэлиэтээбитинэн, түүннэри дьуһуурустуба олохтоммут, намтал сиргэ турар эбийиэктэртэн экспонаттар көһөрүллүбүттэр. Бэҕэһээ уу балысханнык кэлбитэ, бу сарсыарда этэҥҥэ курдук диэтэ. Ол да буоллар, син биир балаһыанньаны хонтуруолга тутабыт диир.

Саха норуотун духуобунай баайа мунньуллубут, үүнэн иһэр көлүөнэҕэ нэһилиэстибэ быһыытынан хаалан иһиэхтээх Чөркөөх музейа харыстана туруохтун, диэн суруйда музей үлэһитэ Светлана Халгаева.

Хаартыскаҕа музей бэтэрээн үлэһитэ Михаил Охотин, Павел Владимиров эбэни туоруур муостаҕа эбии далаһа оҥороллор. Ыам ыйын 29 күнүнээҕи музей көстүүтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА