Ил Дархан Егор Борисов Сурдлимпиада чөмпүйүөнүгэр Василий Стрекаловскайга өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадатын — “Хотугу сулус” уордьаны кытта сэттэ мөлүйүөн солкуобайдаах бириэмийэни туттарда.
Бүгүн күнүс өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Турция Самсун куоратыгар ыытыллыбыт XXIII сайыҥҥы Сурдлимпийскай оонньуулар кыттыылаахтарын чиэстээһин буолла. Көҥүл тустууга 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Сурдлимпиада чөмпүйүөнүгэр Василий Стрекаловскайга Ил Дархан Егор Борисов дохсун ытыс тыаһын ортотугар “Хотугу сулус” уордьаны, алта мөлүйүөн солкуобай суумалаах харчынан бириэмийэни уонна өрөспүүбүлүкэ спортивнай тустууга федерациятын аатыттан биир мөлүйүөн солкуобайдаах сертификаты туттарда.
Истибэттэринэн инбэлииттэргэ көҥүл тустууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин старшай тириэньэригэр, Сурдлимпиада кыттыылаахтарын иитэн таһаарбыт РФ үтүөлээх тириэньэригэр Василий Стручковка “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ” үрдүк аат түөскэ анньынар бэлиэтэ, үс мөлүйүөн солкуобай суумалаах харчынан бириэмийэ уонна өрөспүүбүлүкэ спортивнай тустууга федерациятыттан 250 тыһыынча солкуобайдаах сертификат туттарылынна.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ” үрдүк аат Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай солбук училищетын преподаватель-тириэньэригэр Ким Колодезниковка иҥэрилиннэ. Киниэхэ өрөспүүбүлүкэ спортивнай тустууга федерациятын 150 тыһыынча солкуобайдаах сертификата ананна.
XXIII сайыҥҥы Сурдлимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара: 57 уонна 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бэһис миэстэлэммит Егор Скрябин, Валерий Чемпосов, буулдьанан ытыыга тохсус көрдөрүүлэммит Евдокия Каторгина, кинилэр тириэньэрдэрэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр.
Ил Дархан Егор Борисов эҕэрдэ тылыгар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ Саха сирин, Арассыыйа чиэһин чиэстээхтик көмүскээһин улуу дьыала буоларын ыйан туран, Василий Стрекаловскайга, Егор Скрябиҥҥэ, Валерий Чемпосовка, Евдокия Каторгинаҕа махтанна, эһиги бэйэҕит үрдүк ситиһиигитинэн ыччаттарга үтүө холобур буолаҕыт диэтэ, өрөспүүбүлүкэ спорка ыытар судаарыстыбаннай бэлиитикэтин көмөтүнэн Саха сиригэр спорт араас көрүҥнэрэ тиһиктээхтик сайдалларын, чэгиэн олох өрө тутулларынан нэһилиэнньэ доруобуйата тупсарын бэлиэтээтэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ спортсменнары, кинилэр чугас дьоннорун, тириэньэрдэрин физическай култуураҕа, спорка миниистир Георгий Балакшин, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Павел Пинигин эҕэрдэлээтилэр.
Ыспыраапка
2017 сыл от ыйын 18 – 30 күннэригэр Турция Самсун куоратыгар ыытыллыбыт XXIII сайыҥҥы Сурдлимпийскай оонньууларга дьүлэй спортсменнар спорт 21 көрүҥэр (онтон 16-та – биирдиилээн, 5-һэ – хамаанданан) күрэхтэспиттэрэ.
Хамаанданан түмүккэ Арассыыйа Федерациятын сүүмэрдэммит хамаандата 199 мэтээли (85 кыһыл көмүһү, 53 үрүҥ көмүһү, 61 боруонсаны) ылары ситистэ. Иккис буолбут Украина хамаандата 99 (21-42-36) мэтээллээх, 52 (18-20-14) мэтээллээх Соҕуруу Корея хамаандата үһүс миэстэҕэ таҕыста.