Өҥүрүк куйаас сатыылаата. Оҕолор таһырдьаттан итииргээн киирэн утах көрдөөтөхтөрүнэ, сулугур ууну мээнэ биэримэҥ. Хара уу ааһымтыа, киһи төһөнөн элбэх ууну кэтэрдэр даҕаны, утаҕа хаммат. «Хата, быырпахта оҥоруҥ«, — дииллэр.
Тарбаахап ырысыаба
0,5 ыстакаан сүөгэй
1,2 л суорат
1 л уу
20 г саахар
Оргутуллубут ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутан ытыйыллар.
Ытыйыы бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри оҥоһуллар.
Ол кэнниттэн утаҕы 8-10 чаас устата итии сиргэ ыга хаппахтаан ууруллар.
Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы сойутан баран, иһиэх иннинэ ытыйыллар.
Сгущенканан быырпах
3 литрэ ууга 1 банка сгущенка, 1 пакет кефир, үчүгэйдик хабах тахсыар диэри буккуйаҕын ытыгынан. Ынах муоhа ытык ордук этэ, суох буоллаҕына күөрчэх да ытыга барсар. Онтон 7 чаас сылаас сиргэ (мин газплитам үрдүгэр уурабын) ыга хаппахтаан баран туруораҕын. Онтон эмиэ ытыккынан аны кыра хабахтар тахсыахтарыгар диэри кичэйэн буккуйаҕын уонна холодильниккар уураҕын. Бу сойбутун кэннэ 4 чаас буолан баран иhиллэр. Сүрдээх үчуүгэй, утаҕы ханнарар.
Быырпахта оҥостуҥ!
Өҥүрүк куйаас сатыылаата. Оҕолор таһырдьаттан итииргээн киирэн утах көрдөөтөхтөрүнэ, сулугур ууну мээнэ биэримэҥ. Хара уу ааһымтыа, киһи төһөнөн элбэх ууну кэтэрдэр даҕаны, утаҕа хаммат. Хата, быырпахта оҥоруҥ, — диир Амма сэлиэнньэтин олохтооҕо Анна Илларионовна. Итиэннэ дьиэҕэ — уокка бу утаҕы оҥосторго бэйэтин ырысыабын биэрэр.
3 лиитирэ оргуйбут тымныы уу,
2 ыстакаан суорат,
1 ыстакаан саахар,
ыстакаан аҥара рис
Үчүгэйдик хаппахтанар иһиккэ риһы, саахары, суораты, ууну холбуу кутан муос ытыгынан үчүгэйдик ытыйан булкуйуллар. Хаппахтаан, 8-10 чаас устата сылаас сиргэ (теплицаҕа да буолуон сөп) туруоруллар.
Үрдүгэр бытархай хабахтар таҕыстахтарына, өссө төгүл ытыйан баран, хаппахтаан эмиэ 2-3 чаас туруоруллар. Көөнньүбүт быырпаҕы сиидэлэнэр, амсайан көрөн сүөгэй эбиллэр. Билигин ханна да олус дэлэйбит утах бытыылкатыгар кутан, холодильникка уган, иһэ сылдьыллар. Ирииһин саҥа быырпаҕы көөнньөрүүгэ туһаныллар.
Быырпах хойуннарыллыбыт (сгущеннай) үүтүнэн эмиэ оҥоһуллар
1 бааҥка хойуннарыллыбыт үүккэ 3 лиитирэ ууну уонна ыстакаан аҥара риһы холбонор. Көөнньөр кэмэ, ньымата үкчү маҥнайгы ырысыап курдук. Кыратык сүөгэй эбэтэр чөчөгөй былаан биэрдэххэ, быырпах амтана олус тупсуо.
Алаадьы, лэппиэскэ, баахыла, саламаат, быырпах… барыта биһиги оҕо эрдэхпититтэн олус үчүгэйдик билэр эрээри, сорохтор саллан, астыырга холоммот бүлүүдэлэрбит. Ол иһин, «сатыахпыт суоҕа» диэн толлубакка, астыы үөрэнэргитигэр, сандалыгыт мааны аһа оһосторгутугар баҕаран тураммыт бу сүбэлэри биэрдибит.
Источник: социальнай ситим