Россия Президенэ өрөспүүбүлүкэ биэс сыллаах үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата уонна Айсен Николаев регион баһылыгын быыбарыгар туруммутун өйөөтө. Ил Дархан Путины кытта көрсүһүүтүттэн кэпсээтэ.
«Сиһилии кэпсэтии буолла, чаастан ордук кэпсэттибит. Владимир Владимирович мин быыбарга кыттар быһаарыныыбын өйөөтө. Ситиһиини баҕарда, биэс сыллааҕы үлэ түмүгүн хайҕаата. Салгыы түмүктэр эмиэ маннык үчүгэй буолалларыгар баҕа санаатын эттэ», — диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, судаарыстыба баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытын боппуруостарын барытын билэр, кини Саха сирин олохтоохторугар регион сайдыытыгар кылааттарын иһин махтанна.
«Владимир Владимирович киэҥ сири тайыыр регион социальнай-стратегическай сайдыытын боппуруостарын кэпсэттэ. Саха сирин олохтоохторугар, тыйыс усулуобуйаҕа үчүгэй үлэлэрин иһин махтанна, бырамыысыланнаска, экономикаҕа, социальнай сайдыыга ситиһиилэр иһин. Биллэн турар, биһиги сүрүн ситиһиибит — нэһилиэнньэ ахсаана улаатыыта, дохуот үрдээһинэ, саҥа социальнай, транспортнай, энергетическай инфраструктура баар буолуута, бу барыта дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар. Президент маны камера уста турдаҕына да, тахсыбыттарын да кэннэ эттэ. Маны сэргэ, экономика салааларыгар, социальнай эйгэҕэ, Дьокуускай куорат салгыы сайдыытыгар элбэҕи кэпсэттибит. Өлүөнэ муостатын тутуу, өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга анаммыт бөдөҥ бырайыактарын эмиэ дьүүллэстибит. Бу кэпсэтии кэннэ биһиги кэлэр сылларга өссө түргэн тэтимнээхтик сайдар кыахтаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.